
оччоҕо - albert unarov lyrics
арай эн олоххор ыарахан күн үүннүн
сирдэтэр халлааҥҥар хараҥа түүн буоллун
ол онно эн санаар мин ыраас тапталбын
эйиэхэ анаабыт мин истиҥ тылларбын
арай эн олоҕуҥ нус бааччы уhуннун
кыhалҕа биир кэмник эйигин тумуннун
ол онно эн миигин дэн санаан аhараар
олоҕу сыаналыыр дьоҕурбун күүhүрдэ
оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм
арай эн олоххор дьол эрэ тосхойдун
өрөгөй үөрүүтэ сүрэххин толордун
ол онно эн миигин кыратык да санаар
күүс биэрбит тапталбар истиҥник махтанаар
оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм
мин ыраас тапталым
Random Song Lyrics :
- she used to say - kimchiwave lyrics
- не пара (not a couple) - molchanov lyrics
- golden - frazey ford lyrics
- heart of wax - vision4k lyrics
- nikeboyzsport - yung nobre lyrics
- last night - hoaxxx lyrics
- vale nada - rodstar lyrics
- goolam nazan - erfan lyrics
- wasting my time - lil flow & lil square lyrics
- congratulation - kunto arief lyrics