
махтанабын (thanks) - kitjah lyrics
[текст песни «махтанабын»]
[куплет 1: kitjah]
хаамабыт олох чараас мууһун үрдүнэн сэрэнэн үктэнэн
быстыбаттыы бааллыбыппыт дьылҕабыт быатынан
эн, мин дьолунан эрэ бүрүнэн
баҕа санааҕын үтүктэн, күлүккүн солбуйан
олоруом эн биһигини эрэ сылытар уоту оттунан
сыһыаны сөргүтэн сылдьыам үйэм ордугунан
дьантан*дьааттан, им балайтан дьалаҕай баламаат быһыыттан
быыһаата кини миигин тапталынан кынаттаан
көтөбүт сэгэрбинээн күн матыыбар уйдаран
күн матыыбар уйдаран, күн матыыбар уйдаран
бу дойдуга баарбына сүрэхпэр аналым аата
күн матыыбар уйдаран, күн матыыбар уйдаран
бу дойдуга баарбына кини мин олоҕум кыыма
манньытар, абылыыр сүрэҕим эрэлэ
биирдэ бэриллибит олоҕум киэргэлэ
кини эрэ, сүрэхпэр кини эрэ
[припев: kitjah]
элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ
элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэкэй
сир сиһин ньуурун үрдүгэр сэгэрбэр эрэ
элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ
элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэкэй
сир сиһин ньуурун үрдүгэр сэгэрбэр эрэ
[куплет 2: kitjah]
бүтүннүү бэйэбин эйиэхэ биэрэбин
эн эрэ миигин уматаҕын уотунан
испиттэн дууһабын сылытаҕын
кэрэнэн тулабын киэргэтэҕин
ырыабар ылланаҕын, баҕа санаабын таайаҕын
хара уһун суһуоххунан, сырдык сэмэй мөссүөҥҥүнэн
дириҥ куйаар хараххынан ыллын дии миигин абылаан
эйиэхэ тэҥниир мааным оннооҕор айылҕаҕа суох
ханна да орто*туруу баар аан дойдуга
эйигин мин олохпор ким да солбуйуо суоҕа
көрдөөбүтүм эйиигин ууга, көрдөөбүтүм курааҥҥа
итэҕэйбэт этим эн бааргын бу орто дойдуга
дьэҥкир уулуу ыраас түүҥҥү халлаанныы хараҥа
иэйиилэрбин киллэрэр мин тапталым хараҕа
быстыбаттыы бааллыбыппыт дьылҕабыт быатынан
махтанабын ийэҕэр, махтанабын аҕаҕар
эн курдук кэрэ киһи мин аттыбар баарыгар
биһилэх кэппитигэр, кэргэним дэммитигэр
[припев: kitjah]
элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ
элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэкэй
сир сиһин ньуурун үрдүгэр сэгэрбэр эрэ
[аутро: айыллаана семенова]
элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ
Random Song Lyrics :
- universal tellerwäscher - die sterne lyrics
- (root)less - saint mela lyrics
- what do you want - scipio lyrics
- vete de aqui (con fangoria) - miranda! lyrics
- daar zijn we - asezina lyrics
- kołysanka - npwm lyrics
- new street - dirty dike lyrics
- walk away - da 5 footaz lyrics
- para olvidarme de ti - los reyes del camino lyrics
- ya no estás - zalin lyrics