
ийэҕэ махтал (thanks mom) - айыы уола (aiyy uola) lyrics
[текст песни «ийэҕэ махтал»]
[куплет 1]
сарсыарда күнү тулалыыр эйгэ
үөрэ сонургуу көрсөрүн курдук
эйигин мин ыраата сылдьан
ахтарым ордук күүһүрэр, күүһүрэр
[припев]
ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан
туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
эн баар буолаҥҥын, көрөбүн
[куплет 2]
өйдүүгүн дуо, ийэ, бастакы атылбын
аан бастаан «ийэ» диэн үөрдүбүт күммүн?
билэҕин дуо, ийэ, эйиэхэ махталым
уолан бүппэт үрэх буолан кутулла туруо
[припев]
ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан
туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
эн баар буолаҥҥын көрөбүн
[куплет 3]
бу ырыам тыллара үйэттэн үйэҕэ
бэриллэн ыллана туруо куруутун
бу ырыам матыыбын күөх тайҕа суугунаан
ыллыы туруо өрүүтүн, өрүүтүн
[припев]
ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан
туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
эн баар буолаҥҥын көрөбүн
Random Song Lyrics :
- before the sun rises - smallpools lyrics
- rebelión del rock - sinergia lyrics
- faasla - khatth lyrics
- late summer (remix) - paloalto & huckleberry p lyrics
- just one more day - dottie peoples lyrics
- holding on - heartbrkkidd lyrics
- far from me - noun lyrics
- pet semetary - parallels lyrics
- vals (валс) - tdk (turdomkean) lyrics
- lamadonna/padrepio - osvaldosky lyrics