
ураты оҥоһуу (special kind) - ponsash lyrics
[текст песни «ураты оҥоһуу»]
[куплет 1]
эйиэхэ элбэх тыл тиийбэтэх
этэргэ кыһалҕа да этэ
күн сиргэ түспүтүн кэриэтэ
күлүмнээн оннуга кэрэтэ
субуллар суһуоҕун толбоно
ыйдаҥа олорбут долгуна
оонньууллар тырымныы ол онно
сулустар уон араас уоттара
[предприпев]
кини эрэ кэрэ да мөссүөнэ
кэм кэрдии утары көстүөҕэ
син эмэ суол быстар төлөнө
ол эрэн кэрэтиэн кини эрэ
кини эрэ кэрэ да мөссүөнэ
кэм кэрдии утары көстүөҕэ
син эмэ суол быстар төлөнө
ол эрэн кэрэтиэн кини эрэ
[припев]
уран*уус оҥорон туппуттуу
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу
уран*уус оҥорон туппуттуу
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу
[куплет 2]
бу сиргэ кини эрэ мичээрэ
күлүмнээн элэккэй илэйэ
ол мичээр сүрэххэ түһэрэ
тэҥнэммэт хайа да иэйиигэ
арылхай чаҕылхай хараҕа
абырал сулуһун уоттара
бастакы кытыастар саһарҕа
бу кини огуйук уостара
[предприпев]
кини эрэ кэрэ да мөссүөнэ
кэм кэрдии утары көстүөҕэ
син эмэ суол быстар төлөнө
ол эрэн кэрэтиэн кини эрэ
кини эрэ кэрэ да мөссүөнэ
кэм кэрдии утары көстүөҕэ
син эмэ суол быстар төлөнө
ол эрэн кэрэтиэн кини эрэ
[припев]
уран*уус оҥорон туппуттуу
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу
уран*уус оҥорон туппуттуу
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу
уран*уус оҥорон туппуттуу
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу
уран*уус оҥорон туппуттуу
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу (ураты оҥоһуу)
уран*уус оҥорон туппуттуу (туппуттуу)
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу
уран*уус оҥорон туппуттуу (туппуттуу)
уурбуттуу туппуттуу
быһыыта*таһаата олоччу
ураты оҥоһуу
Random Song Lyrics :
- k.i.t. - ubiquitous synergy seeker lyrics
- right 1 - lil keed lyrics
- alololo - issey lyrics
- an unpainted canvas - renounced lyrics
- fat around the heart - king 810 lyrics
- a part of - matthew & the crowd lyrics
- tak pernah terlambat - grezia epiphania feat. jason lyrics
- anti-venom - ubiquitous synergy seeker lyrics
- a fire no longer burns - renounced lyrics
- why you lying - show me the body lyrics