lirikcinta.com
a b c d e f g h i j k l m n o p q r s t u v w x y z 0 1 2 3 4 5 6 7 8 9 #

lirik lagu бэлэхтээ (give) – ponsash

Loading...

[текст песни «бэлэхтээ»]

[куплет 1]
сэгэриэм эн таабырыҥҥын
ааҕыллыбатах сэһэҥҥин
атыттартан уратыгын
суруллубатах хоһооҥҥун
саһан хаалбыт сырдыккын
хараҥаны манатаҕын
былыкка киирбит күҥҥүн
хаһан тахсан сандаараҕын?

[припев]
күндү, көмүс күннэри
дьикти кэрэ кэмнэри
хатыланар элбэх түгэни
бэлэхтээ дуу, сэгэриэм
күндү, көмүс күннэри
дьикти кэрэ кэмнэри
хатыланар элбэх түгэни
бэлэхтээ дуу сэгэриэм
(сэгэриэм, сэгэриэм)

[куплет 2]
сэгэриэм эн сарсыардаҕын
саҕар күнүм сыдьаайаҕын
кыыһар аалай сардаанаҕын
нарын иэйии тыллыытаҕын
үрүҥ түүнүм тунулаҕын
сайыҥҥыны санатаҕын
дайар санаа кынатаҕын
былыты үөһээ көтүтэҕин
[припев]
күндү, көмүс күннэри
дьикти кэрэ кэмнэри
хатыланар элбэх түгэни
бэлэхтээ дуу, сэгэриэм
күндү, көмүс күннэри
дьикти кэрэ кэмнэри
хатыланар элбэх түгэни
бэлэхтээ дуу сэгэриэм
(сэгэриэм, сэгэриэм)
бэлэхтээ, бэлэхтээ (cэгэриэм)

[интерлюдия]
бэлэхтээ, бэлэхтээ, бэлэхтээ
сэгэриэм эн таабырыҥҥын
бы*бы*бы*былыты үөһээ көтүтэҕин
сэгэриэм эн таабырыҥҥын
ааҕыллыбатах сэһэҥҥин
атыттартан уратыгын
суруллубатах хоһооҥҥун
саһан хаалбыт сырдыккын
хараҥаны манатаҕын
былыкка киирбит күҥҥүн
хаһан тахсан сандаараҕын?

[припев]
күндү, көмүс күннэри
дьикти кэрэ кэмнэри
хатыланар элбэх түгэни
бэлэхтээ дуу, сэгэриэм
күндү, көмүс күннэри
дьикти кэрэ кэмнэри
хатыланар элбэх түгэни
бэлэхтээ дуу сэгэриэм
бэлэхтээ, бэлэхтээ, бэлэхтээ, бэлэхтээ
[аутро]
бэлэхтээ, бэлэхтээ, бэлэхтээ

lirik lagu lainnya :

YANG LAGI NGE-TRENDS...

Loading...